Былыр, кыраныысса тыырыллыытын саҕана элбэх саха тулатынааҕы уобаластарга уонна кыраайдарга хаалан хаалбыттара.
Билигин олортон ордук биллээччилэр Хабааровскай кыраайга Охотскай оройуонугар олорор сахалар уонна Үт сахалара диэн ааттанааччы Тугиро-Чумиканскай оройуоҥҥа олорооччулар бааллар. Өссө биир түөлбэлээн олорор сирдэрэ, хойукка дылы биһигини кытта ситими быспакка олорбут Дьэһиэй сахалара. Бу дьон урут Бүлүү уокуругар киирэллэрэ, билигин Красноярскай кыраай Эбэҥки оройуонугар киирэллэр.
Бүгүн ол дьоннорбут сыдьааннарыттан сахабын дэнээччилэр аҕыйаатылар. Ситимнэрэ мөлтөөн, тылларын сүтэрэн эрэллэр. Кыраайдар уонна уобаластар салалталара урут куруук итинтэн (сахалар Саха сиригэр тардыһалларыттан) дьиксинэр буолан, кинилэргэ бу ситуация эгэ эрэ. Онон кыһаллыбаттар.
Былырыын Саха сиригэр ити биир дойдулаахтарбытын кытта билсэргэ Сүбэ тэриллибитэ. Ол үлэтэ манна кэпсэнэр:
http://tassakhalar.wordpress.com/